Пермякова Светлана Дмитриевна – Воспитатель Д/С 22 “Жемчужинка”, г.Якутск, с.Пригородный
НОД: Лепка “Тэллэй”
Сыбаан оҥоруу дьарыга «Тэллэй»
Сыал: тэллэй туһунан оҕолор билиилэрин кэҥэтии (сиэнэр уонна сиэммэт), тэллэйдэр уратыларын бэлиэтииргэ үөрэтии.
Соруктар:
• Тэллэйдэр ааттарын үөрэтии.
• Лэппиэскэ тэллэйдэри сыһыаран, араас сэлээппэлэри (токур уонна лоппойтолор) туттаран үөрэт.
• Оҕо сөпкө көрөрүн, тарбаҕын сайыннарыы, уобарастаан толкуйдуур дьоҕурун, киэҥ өйдөбүлүн, болҕомтотун сайыннарыы.
• Оҕолор оҥорбут үлэлэриттэн үөрүүнү, дуоһуйууну ылалларын ситиһии.
• Тэллэйдэргэ интэриэс үөскэтии.
Туттуллар матырыйааллар: тэллэйдэр хартыыналара, пластилин, тирээпкэ, дуоска, анал быһах.
Дьарык хаамыыта:
- Оҕолор, бүгүн сарсыарда уһуйааҥҥа кэлэн, ким эрэ суругу аҕалбытын буллум.
Иитээччи суругу ааҕар. (Тииҥчээн оҕолору төрөөбүт күнүгэр ыҥырбыт).
- Тииҥчээн төрөөбүт күҥҥэр барыаххытын баҕараҕыт дуо? (Оҕолор эппиэттэрэ).
- Бастаан кыратык оонньуоххайыҥ.
Көбүөргэ физминутка “Ойуурга”
- Чэ, билигин тииҥчээҥҥэ барыахпыт. Оттон бэлэхпит суох дии, оҕолоор. Тииҥчээн тэллэйдэри сөбүлүүр, арай биһиги киниэхэ тэллэй сыбаан оҥорон илдьэн биэрдэхпитинэ? Ким билэр, ханнык тэллэйдэр баалларый? (сиэнэр уонна сиэммэт).
-Сиэнэр тэллэйдэри ааттааҥ. (Оҕолор хоруйдара).
- Оттон сиэммэт тэллэйдэри ааттааҥ. (Оҕолор хоруйдара).
-Оттон ити тоҕо сиэммэт тэллэйдэр диэн ааттаналлара буолуой? (Оҕолор хоруйдара).
- Оҕолор тэллэйдэри көрүҥ. Туохтара маарыннаһалларый? (Сэлээппэлээхтэр уонна атахтаахтар).
-Онтон туохтара атыный? (Өҥнөрүнэн уонна сэлээппэлэрэ атын атыттар).
Тэллэйдэр хартыыналарын көрүү.
- Көрүҥ, маҥан тэллэй томтоҕор сэлээппэлээх. Лисичка диэн тэллэй сэлээппэтэ эриллибит курдук. Томтоҕор сэлээппэни хайдах оҥоруохха сөбүй? (төгүрүгү эргитэммит, кытыытын баттыыбыт).
- Оттон эриллибит сэлээппэни дуо? (төгүрүгү эргитэммит, ортотун баттааммыт тэриэлкэ курдук оҥоробут).
- Маладьыастар! Оттон билигин остуолга олоробут.
Бытаан музыката иһиллэр. Оҕолор үлэлэрэ. Иитээччи наада буоллаҕына көмөлөһөр.
- Олус үчүгэй тэллэйдэр сатаннылар барыгытыгар.
- Оҕолор, көрүҥ, тииҥчээммит бу олорор эбит дии маска.
Тииҥчээн: Дорооболоруҥ! Төрөөбүт күммэр кэлбиккититтэн олус үөрдүм.
Иитээччи: Тииҥчээн, эйигин төрөөбүт күҥҥүнэн эҕэрдэлиибит уонна бу тэллэйдэри бэлэхтиибит.
Тииҥчээн: Баһыыбаларыҥ,үчүгэйкээн да тэллэйдэри оҥорбуккут миэхэ, оҕолор, наһаа үөрдүм.
Иитээччи: Оҕолор, аны тииҥчээҥҥэ анаан «Каравай»диэн ырыаны ыллыаххайыҥ.
Тииҥчээн: Баһыыбаларыҥ оҕолор, төрөөбүт күммэр кэлэҥҥит олус сэргэхситтигит. Көрсүөххэ диэри.
Иитээччи: Көрсүөххэ диэри, тииҥчээн.
-
Все мероприятия на нашем портале проводятся строго в соответствии с действующим законодательством и ФГОС
-
Результаты олимпиад доступны моментально. Результаты участия в творческом конкурсе или публикации статей – в течение 1 рабочего дня
-
Участие в любом конкурсе – бесплатное. Вы оплачиваете изготовление документа только когда знаете результат