Доклад на тему "Олоҥхо - оҕо уруһуйугарНь | Мой кабинет. Работа №351965
Доклад темата: «Олоӊхо – оҕо уруhуйугар»
Иһинээҕитэ
Киирии тыл
I.Уруһуйга уһуйуу
&1. Олоҥхо эйгэтигэр
&2.Уруок хаамыыта
Ⅱ.Олоҥхо оҕо уруһуйугар
Түмүк
Олоҥхо уус-уран тыл, ѳҥ-дьүһүн, ырыа, музыка, театр, биир кэлим түмүллүбүт, сиппит-хоппут искусство улуу кѳстүүтэ. Ол иһин кини норуот айар талааныгар ѳлбѳт мэҥэ уутун курдук ѳрүү тыын угар. Кини муҥура суох киэҥ далайыттан тирэх, күүс, кыах иҥэринэн искусство атын кѳрүҥнэрэ Аал Луук мас лабааларыттан силигилиир күѳх сэбирдэхтэр курдук сириэдийэн тахсаллар.
Олоҥхоҕо норуот тугу барытын: сири-дойдуну, кѳтѳрү-сүүрэри, бухатыырдары, кэрэ кыргыттары, дуолан охсуЬууну ымпыктаан-чымпыктаан ойуулуур, хоһуйар.
Норуот тылынан уус-уран айымньытын чыпчаалынан буолбут олоҥхо – дьон-сэргэ, ыччат дьоҕурун, талаанын арыйар, ѳй-санаа угар, айымньылаах үлэҕэ кынаттыр сүдү айыы. Оҕоҕо норуот кутун-сүрүн иҥэрэргэ фольклор айымньылара сүдү оруоллаахтар. Ол курдук, саха фольклорун саамай үрдүк чыпчаала – олоҥхо.
Саха оҕото айылҕаттан талааннаах. Уруһуйдуон, тутан-хабан малы-салы оҥоруон баҕата кыра сааһыгар ордук арылхайдык кѳстѳр, айан ойуулууруттан астынар, дуоһуйар.
Хас биирдии оҕо уруһуйугар истибит олоҥхотун тус-туһунан биэрэр. Ордук ону чугас дьоно биһирээтэхтэринэ, сэргээтэхтэринэ, ис иһиттэн астынан үѳрэ-кѳтѳ уруһуйдуур. Ис туругун бэйэтэ билбэтинэн ѳҥ, быһыы кѳмѳтүнэн арыйар.
Онон биһиги үлэбитин маннык сыалы–соругу туруоран улэлиибит:
-оҕону сайыннарар, интэриэһиргэтэр, умсугутар эйгэни тэрийии;
-оҕо уруһуй дьарыгар ылыммыт дьоҕурун, сатабылын улахан киһилиин, оҕолуун бодоруһар, айар дьарыгар туһанар, салгыы сайыннарар
-художниктар, графиктар олоҥхо уобурастарыгар улэлэрин кытта билиһиннэрии;
-олонхо геройдарын, айылҕатын, иһитин-хомуоһун, танаһын-сабын ырытыы, үѳрэтии.
МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ ДОПОЛНИТЕЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ
«Вилюйская детская школа искусств им. М.Н. Жиркова»
МР «Вилюйский улус (район)» Республики Саха (Якутия)
Доклад темата: «Олоӊхо – оҕо уруhуйугар»
Бүлүүтээ5и о5о искуустубатын оскуолатын үөрэнээччилэрин үлэлэрэ
Толордо: Алексеева Федора Тимофеевна
МБУ «НКЦ «Алгыс» им. Н.И. Ылахова»
методиhа
Кузьмина Светлана Ильинична
Бүлүүтээ5и о5о искуустубатын
оскуолатын учуутала
2023 с.
Иһинээҕитэ
Киирии тыл
I.Уруһуйга уһуйуу
&1. Олонхо эйгэтигэр
&2.Уруок хаамыыта
Ⅱ.Олонхо оҕо уруһуйугар
Түмүк
Киирии тыл
Олоҥхо уус-уран тыл, ѳҥ-дьүһүн, ырыа, музыка, театр, биир кэлим түмүллүбүт, сипит-хоппут искусство улуу кѳстүүтэ. Ол иһин кини норуот айар талааныгар ѳлбѳт мэҥэ уутун курдук ѳрүү тыын угар. Кини муҥура суох киэҥ далайыттан тирэх, күүс, кыах иҥэринэн искусство атын кѳрүҥнэрэ Аал Луук мас лабааларыттан силигилиир күѳх сэбирдэхтэр курдук сириэдийэн тахсаллар.
Олонхоҕо норуот тугу барытын: сири-дойдуну, кѳтѳрү-сүүрэри, бухатыырдары, кэрэ кыргыттары, дуолан охсуЬууну ымпыктаан-чымпыктаан ойуулуур, хоһуйар.
Норуот тылынан уус-уран айымньытын чыпчаалынан буолбут олоҥхо – дьон-сэргэ, ыччат дьо5урун, талаанын арыйар, ѳй-санаа угар, айымньылаах үлэ5э кынаттыр сүдү айыы. О5о5о норуот кутун-сүрүн иҥэрэргэ фольклор айымньылара сүдү оруоллаахтар. Ол курдук, саха фольклорун саамай үрдүк чыпчаала – олоҥхо.
Саха о5ото айыл5аттан талааннаах. Уруһуйдуон, тутан-хабан малы-салы оҥоруон ба5ата кыра сааһыгар ордук арылхайдык кѳстѳр, айан ойуулууруттан астынар, дуоһуйар.
Хас биирдии оҕо уруһуйугар истибит олоҥхотун тус-туһунан биэрэр. Ордук ону чугас дьоно биһирээтэхтэринэ, сэргээтэхтэринэ, ис иһиттэн астынан үѳрэ-кѳтѳ уруһуйдуур. Ис туругун бэйэтэ билбэтинэн ѳҥ, быһыы кѳмѳтүнэн арыйар.
Онон биһиги үлэбитин маннык сыалы–соругу туруоран улэлиибит:
-о5ону сайыннарар, интэриэЬиргэтэр, умсугутар эйгэни тэрийии;
-о5о уруһуй дьарыгар ылыммыт дьоҕурун, сатабылын улахан киһилиин, оҕолуун бодоруһар, айар дьарыгар туһанар, салгыы сайыннарар
-художниктар, графиктар олоҥхо уобурастарыгар улэлэрин кытта билиһиннэрии;
-олонхо геройдарын, айыл5атын, иьитин-хомуоһун, танаһын-сабын ырытыы, үѳрэтии.
I.Уруһуйга уһуйуу
Олонхо эйгэтигэр
2006 сылга саха олонхотун Юнеско тылынан айымньы чыпчаал керунунэн биллэрбитэ. Олонхо саха норуотун баай фантазиятын, мындыр ѳйун, сиэрин-туомун кѳрдѳрѳр чыпчаал айымньыбыт. Былыргы уѳрэ5э суох сахалар ѳркѳн ѳй, уран тыл кууhунэн бу маннык сѳ5умэр айымньыны айдахтара! Олонхо саха норуотун бар5а баайа, ол баайбытын харахпыт харатын курдук харыстыа5ын!
Олонхо диэн аан дойду хайдах айыллыбытын, олох уескээбитин, саха омук хайдах сайдыбытын, оло5ун-дьаhа5ын, майгытын-сигилитин, ейун-санаатын, айыл5а модун кууhун кэпсиир суду айымньы. Олонхо тыла саха омук бастын баайа, кэрэ киэргэлэ, ейун сурэ5ин угус уйэлээх албан айымньыта.
Киhи-аймах уйэлэр тухары суппэт-оспот утуе сиэрин-майгытын, олох туhугар туруулаhар охсуhуу наадатын, эр санааланыы кууhун, кэрэ, утуе быhыы-майгы уйэлээ5ин, со5отох киhи оло5о бутун норуотун оло5ор суолталаа5ын олонхо философията кэрэhэлиир. Ити курдук, Улуу Олонхо саха5а дирин билиини, мындыр ейу биэрэр, олох бары ыарахаттарын уйарга уерэтэр, сымна5ас, сайа5ас майгылаах - сигилилээх буоларга иитэр-уерэтэр эбит.
Саха омук, ебугэ са5аттан, ейуттэн-сурэ5иттэн сутэрбэккэ, уоhуттан туhэрбэккэ илдьэ кэлбит олонхото суурбэhис, сайдыылаах уйэ кэлинни сылларыгар умнуллан, аныгы дьон сэнээрбэт буола сылдьыбыттарын кэннэ, уран тыл бу бастынтан бастын айымньытын туhугар туруулаhар дьон баар буоланнар, эмиэ хаттаан тыын ылар, араначчыланар, харыстанар, ессе сайдар кыахтанна.
Олонхо теhе да омуннаа5ын, мунура суох фантазиялаа5ын иhин, киниттэн норуот былыргы оло5о-дьаhа5а, сиэрэ-майгыта, оло5ун тутула, о.д.а. диринник чинчийэн уерэтии тумугэр биллэн тахсаллар. Кини киhи кыа5ын, кууhун-уо5ун, киhи утуетун, киhи чулуутун хоhуйар айымньынан биллэр.Кини – норуот кунду кылаата, норуот муудараhын, этэр тылын эгэлгэтин муспут баай айымньы. Олонхо норуот тылынан уус-уран айымньытын мунутуур чыпчаалынан буолар. Кини жанр еттунэн саамай уустук тутуллаах, ураты керуннээх айымньы.
Олоҥхо киһини элбэххэ угуйар: тулалыыр эйгэ кэрэтин таба кѳрѳргѳ, ойуулуурга, сиэрдээх майгытын, туттар тэрилин, таҥаһын-сабын, киьи уйулҕатын, кини фантазиятын сайыннарарыыга, киһи дьоҕурун ситимнииргэ олоҥхо суду суолталаах.
2.Уруок хаамыыта
УруЬуйдуур ньымалары билиЬиннэрэр дьарыктар сүнньүнэн маннык предметтэргэ олоҕуран ыытыллаллар: рисунок, живопись, композиция станковай.
Уруок тутула сүнньүнэн маннык барар:
-Тэрээһин чаас
-Бэсиэдэ
-Оҕо үлэтэ (эскиз оҥоруута. Оҕо хас да кѳрүҥү оҥорор)
-Yлэни сыаналааһын. Оҕо үлэтин билиһиннэриитэ, хайҕабыл, сыаналааһын
Айан уруһуйдуур дьарык тутула:
-ТэрээЬин чаас. Ыйытыылар, түгэни ырытыһыы, оҕолор сыал-сорук туруорунуулара.
-Оҕо үлэтэ. УобараЬы толкуйдааһын, эскиз оҥоруута, араас ньыманы талыы, туттуу, толкуйун тиһэ5эр тиэрдии.
-Түмүк. Оҕо үлэтин билиһиннэриитэ, сыаналаныыта, хайҕабыл.
ТэрээЬин чааһа. Уруһуй дьарыгар тугу уруһуйдуохтарын этиэх иннинэ оҕону интэриэһиргэтэр, үлүһүтэр, уруһуйдуур тиэмэҕэ болҕомтотун тардар түгэн олохтонуллар.
Дьарык тиэмэтин быһаарыы, кэтээн кѳрүү. Кэтээн кѳрүү кэмигэр художник үлэтин, кинигэттэн уруһуйу билсиэхтэрин сѳп. Художник уруһуйун сэргэ, бу тиэмэҕэ атын оҕолор уруһуйдаабыт уруһуйдарын кѳрдѳрѳр эмиэ кэрэхсэбиллээх. Оҕо уруһуйун кѳрѳн бэйэтин кыаҕын, сатабылын чопчулаары да уруһуйдуурга холонуо.
Оҕо үлэтэ. Оҕо үлэтин эскиз толкуйдааһынтан саҕалыыр. Тѳһѳ элбэх эскиз толкуйданар да соччонон үчүгэй. Оҕолор уруһуйдуу олордохторуна биирдиилээн чугаһаан быһаарар. Оҕолор уруһуйдуу олордохторуна, олоҥхоттон быһа тардан ааҕан уобараһы уратытык, чаҕылхайдык арыйбыт оҕону илэ-бааччы майгыннаппытын хайҕаан-биһирээн, туга ордук табыллыбытын чорботон бэлиэтээн биэрэр ордук.
Уруок тиэмэтин быһыытынан оҕо уруһуйдуу олорон бэйэтиттэн айан эбэн салгыы тугу эмэ уруһуйдуурун сѳбүлүүр. Онуоха биллэн турар, учуутал оҕо уруһуйун тиэмэ иьинэн хааччахтаабат.
Yлэни сыаналааЬын. Учуутал оҕо уруһуйун сыаналыырыгар оҕолор уруһуйдарын кэккэлэтэр, ырыталлар. Оҕолор уруһуйдара тѳрѳппүт кѳрѳр сиригэр ыйаныллар. О5о уруһуйун учуутал маннык кэриҥнэринэн сыаналыыр:
-тиэмэни арыйыыта;
-олоҥхо уобараһын биэриитэ;
-ѳҥү таба туттуута;
-уруһуйун пропорциятын таба биэриитэ;
-илииһин таба туһаныыта;
-санаабыт санаатын тиһэ5эр тиэрдиитэ.
Бу таһынан о5олору улуу худуоЬунньуктар олонхо5о анаабыт улэлэрин быыстапкатыгар, норуот маастардара уустаан-ураннаан оҥорбут иьиттэрин хомуостарын быыстапкатыгар сырытыннарар улахан туЬалаах. Элбэҕи кѳрѳллѳр, билэллэр.
Ⅱ.Олонхо оҕо уруһуйугар
Билигин түргэн тэтимнээхтик сайдар олохпутугар олоҥхо тыынын үүнэр кѳлүѳнэҕэ иҥэрэр, тиэрдэр уустук. Ол иЬин, оҕо олонхону кытта билсиһэригэр уруһуй ньымата кѳдьүүстээҕинэн ааҕабыт. Тоҕо диэтэххэ, саха омук былырбылыргыттан билиҥээҥҥи диэри тутан-хабан, бэйэтэ оҥорон кѳрдѳҕүнэ эрэ астынар, ѳйүгэр хатыыр, ылынар кыахтаах. Хас биирдии оҕо кумааҕыны ыллар эрэ хайаан да дьикти хартыынаны уруһуйдуурун сѳбүлүүр буолуохтаах, уруһуй кѳмѳтүнэн оҕо ѳйгѳ оҥорон кѳрѳр, толкуйдуур, ылынар, аттарар дьоҕура тобуллар, сатабыла салаллар.
Олонхо – тѳрѳѳбүт ийэ тылбыт сүѳгэйэ-сүмэтэ тѳмүллүбүт, норуот бүттүүн киэн туттар айымньыбыт буолар. Оттон уруһуй олоҥхону үѳрэтиигэ олук уурар аналлаах. Оҕо уруһуйугар тугу кѳрдѳрбүтүн умнубат. Ол курдук оҕолор уруһуйдарыгар олоҥхо5о баар персонажтары, иһит-хомуос эгэлгэтин, туттар тэрили, бухатыыр эриирдээх айанын, орто, үѳһэ уонна аллараа дойдуну, уда5аттар уобарастарын, Айыылары, орто дойду хамсыыр-харамайын, бухатыыр атын, олонхо дойдутун кэрэ кыыһын уобараһын билэр, ѳйугэр тутан хаалар.
Ол курдук, холобур, олоҥхо Айыы бухатыыра кѳстѳр дьуhунунэн-бодотунан, майгытынан-сигилитинэн уол оҕо бастына буолар. Орто туруу дойдуга уѳhэ айыылартан ананан тѳрѳѳбут. Уол кыра сааhыттан бэйэтин кыанар, хара тыаҕа мастардыын тустар. Ол эрээри, айыы бухатыырын сурун анала орто дойду олоҕун, кини дьонун-сэргэтин, айыл5атын араначчылааhын, дурда-хахха буолуу. Олоҥхоҕо эр киһи кууһэ-күдэҕэ ѳрѳ күүркэтиллэн омуннаахтык ойууланар, эт-хаан ѳттунэн сүдүтэ, ѳй-санаа ѳттүнэн ырааһа кѳрдѳрүллэр.
Айыы кыыЬын уобараһа. Долгунчуйар уһун суЬуохтаах, хойуу хаастаах, мааны таҥастаах-саптаах, сэмэй майгылаах, кэрэ дьүһүннээх. Нарын -намчы кыыЬы- дьахтары, о5о маҥан ѳҥҥѳ ханыылаан уобарастаан кѳрѳр.
О5олор уруһуйдарыгар сири-дойдуну, кѳтѳрү-сүүрэри, бухатыырдары, Айыылары, кэрэ кыргыттары, дуолан охсуЬууну ымпыктаан-чымпыктаан ойуулууллар-хоЬуйаллар.
Олоҥхо геройдарын тас кѳстүүлэрин уруЬуйдуурга кинилэр танастарын-саптарын, киэргэллэрин, туттар-тэриллэрин, олорор дьиэлэрин, оЬуордарын үѳрэтиллэр.
Ону таһынан олонхо персонажтарын ис туругун, майгыларын, быһыыларын кѳрдѳрѳргѳ уобарастар хамсаныыларынан, туттунууларынан, ѳҥ кѳмѳтүнэн ситиЬиллэр.
Тумук
Оҕо олоҥхону хараҕар ойуулаан кѳрѳр дьоҕура сайдар. Уруһуй нѳҥүѳ олоҥхону ѳйдүүр, ылынар. Бэйэттэн таһаарыы, бэйэ толкуйдааһына, бэйэ айан оноруута –саҥаны киллэрии, толкуйдуур дьоҕуру сайыннарыыта буолар.
Олоҥхоҕо оҕо интириэһин тардыы, саха оҕотун сахалыы сиэрдээх, тобуллугас толкуйдаах буоларыгар, дьоҕурун, фантазиятын сайыннарыыга олук буолар.
Биһиги оскуола 2008 сыллаахтан Бүлүүтээ5и олонхо норуодунай коллективын салайааччытын Иванова Светлана Тарасовна «Олонхо о5о хараҕынан» фестиваль программатыгар киирсэн үлэлэспиппит ыраатта. Оскуолабыт оҕолоро ол фестивальга кыттан ситиһиилэриттэн үѳрэбит. Олонхону оҕоҕо уруһуй нѳҥүѳ билиьиннэриибит оҕо сайдыытыгар олук буоларыттан үѳрэбит.
Туттуллубут литература:
1.Оҕо уонна олонхо: респ.науч.-практ.семинар матырыйааллара. Хомуйан онордо А.Д.Софронова.-Дь.2009 с.
2.Олонхонон оонньуу дьарыктар, уруоктар/Е.М.Поликарпова, Нь.Г.Никитина.-Дь.-2009 с.
3.Олонхо оҕо уруһуйугар/ Д.Г.Ефимова, В.В.Аммосова.- Дь.-2007 с.
4.Олонхону чинчийии: оҕо анаарыыта/бэчээккэ бэлэмнээтилэр А.Е.Захарова, Е.Н.Протодьяконова.-Дь.-2010с.
5.Олонхо – саха норуотун бар5а баайа
Сыhыарыы
Оҕолор ситиһиилэрэ
№
Наименование выставки
Место проведения
дата
ФИ учащегося
награда
2023-2024
Выставка работ учащихся в рамках декады «Олонхо глазами детей»
Вилюйск
ноябрь
12 участников
Республиканский конкурс посвященный ко дню Олоцхо «Олоцхо-Аrt»
г.Якутск
Лазарев Эрэл
Догоюсова Кристина
Уларова Лейла
Лауреат 1 ст
Лауреат 2 ст
Лауреат 1 ст
2022-2023
Открытый дистанционный конкурс рисунков «Олоцхо уобураьа-мин харахпынан»
с.Кыргыдай
ноябрь
Борисова Ньургуйаана
3 место
Республиканский Фестиваль «Олоцхо дойдутун о5отобун»
г.Вилюйск
март
Тимофеев Юлиян
Степанова Ариянна
Кириллина Амелия
Лауреат 2 ст
Диплом 1 ст
2021-2022
«Олонхо аартыгын сэгэтэн» улусный конкурс рисунков
с.Кеданда
Протопопова Сахалита
Томская Айнаара
Гоголева Дарина
3 место
2 место
1 место
Открытый конкурс рисунков «Олонхо алыптаах дойдута»
с.Тосу
декабрь
Константинова Моника
Аммосова Санаайа
Томская Айнаара
2 место
2 место
1 место
Конкурс рисунков «Таланты земли олонхо» посвященной ко Дню Олонхо и ко дню Хомуса
П.Хандыга
Декабрь
Борисова Ньургуйаана
Гоголева Дарина
Диплом 2 ст
Лауреат 3 степени
Дети рисуют Олонхо
Верхневилюйск
март
Борисова Ньургуйаана
Новикова Дарина
Гоголева Дарина
Михайлова Сайнаара
Васильев Сандал
Лауреат 3 степени
Лауреат 1 степени
Диплом 3 ст
Лауреат 1 ст
Лауреат 2 ст
Улусный конкурс рисунков «Олоцхо дойдутун о5отобун»
Вилюйск
март
Окоютова Алина
Михайлова Олеся
Павлова Арина
Лауреат 2 ст
Диплом 2 ст
Диплом 3 ст
2018-2019
Альбом посвященный ысыаху Олонхо в Вилюйском улусе «Булуу о5олоро олонхону уруЬуйдууллар»
Вилюйск
116 работ
Сертификаты
Центр для детей и юношества. Республиканский конкурс рисунков по мотивам якутских сказок
Якутск
ноябрь
Кузьмина Ильяна
Унаров Саша
Михайлова Олеся
Победитель
Лучшая работа
Лучшая работа
Улусный конкурс рисунков «Олонхо глазами детей»
Вилюйск
март
Иванов Валера
Сергина Сардана
2 место
3 место
2017-2018
Улусный конкурс рисунков «Олонхо глазами детей»
Вилюйск
март
Иванов Валера
Лауреат 3 ст
Зональный конкурс рисунков посвященный 20 Играм Манчаары.
Верхневилюйск
Кузьмина Ильяна
Михайлова Олеся
2 место
Финалистка
2016-2017
Улусный фестиваль «Олонхо дойдутун о5отобун».
Вилюйск
март
Кузьмина Ильяна
Кузьмина Нелли
Сергина Сардана
Лауреат 1 ст
Лауреат 3 ст
Лауреат 2 ст
Региональный конкурс-семинар среди ДШИ Вилюйских групп улусов
Сунтар
март
В номинации «Ысыах»
Сергина Сардана
Семенова Мария
Лауреат 1 ст
Лауреат2 ст
Открытый конкурс Якутского художественного колледжа на тему «Земля обетованная»
Якутск
Корякина Настя
Чыларова Чэмэлиинэ
Диплом 2 степени
Диплом 3 степени
2015-2016 уч.г.
1
Выставка конкурс «Олонхо дойдутун о5отобун»
Вилюйск
март
Тутукарова Валерия
Егорова Айталыына
Софронова Снежана
Лукина Таня
Лысенко Карина
Никифорова Сахая
Диплом 3 степени
Диплом 3 степени
лауреат 1 степени
Лауреат 3 степени
Лауреат 1 степени
Диплом 1 степени
2
Всероссийский конкурс творческих работ «Новогодняя игрушка» куклы «Герои Олонхо»
г.Барнаул
декабрь
Протопопова Элеонора
Алексеева Елизавета Семеновна
Диплом 2 место
Диплом 1 место
3
Выставка работ учащихся в рамках научно-практического семинара «Олонхону толорооччу, айааччы, тар5атааччы сайдар сурун т осхоллоро»
Вилюйск
февраль
54 участников
4
Улусный конкурс рисунков «Олонхо о5о хара5ынан»
Вилюйск
ноябрь
30 работ
Сертификаты преподавателям
2014-2015 уч.г.
1
Республиканский конкурс «Духовно-нравственные идеалы Олонхо»
Якутск
декабрь
6 участников
2013-2014 уч.г.
1
Выставка работ учащихся в рамках декады «Олонхо глазами детей»
Вилюйск
ноябрь
27 участников
2
Республиканский фестиваль юных исполнителей «Олонхо-дойдутун о5отобун»
Якутск
Корякина Настя
Диплом победителя
3
Улусная выставка рисунков «Олонхо-дойдутун о5отобун»
Вилюйск
март
Иванова Маша
Кондакова Вилена
Федотов Коля
Диплом 1 степени
Диплом 2 степени
Диплом 3 степени
2012-2013
1
Улусная декада олонхо. Выставка работ
Вилюйск
ноябрь
22 участника
2
Улусная выставка конкурс «Олонхо-дойдутун о5отобун»
Вилюйск
март
Черноградский Саша
АламподистовНюргун
Томская Ольга
Петров Леня
Диплом 2 степени
Диплом 1 степени
Диплом 3 степени
Диплом 2 степени
Оҕо уруһуйдара кинигэ5э:
-«Нюргун Боотур Стремительный в рисунках детей РС(Я)» - республиканская издание Шелковникова Галина Александровна, 2005 с.
-Олоҥхо Прокопия Максимова «Ала Хотой Кыыл аттаах Алтан Дьааһын бухатыыр»/ хомуйан оноттордо С.Т.Иванова, М.Т.Гоголева.-Бүлүү.-2010 с
-Иванов Семен Иннокентьевич (Чочу Сэмэнэ) «Куула хара тыаны кутуругунан булкуйа оонньуур Кулан Кугас аттаах, кылааннаах ѳргѳстѳѳх Киис Бэргэн бухатыыр/М.Т.Гоголева, хом.онордо С.Т.Иванова.-Бүлүү: 2014 с.
- Всероссийскай конкурс «Рублевская палитра»,
-5 Бутун Россиятаа5ы куонкурус «Я вижу мир»,
- «Я люблю тебя Россия» Бутун Россиятаа5ы фестиваль 2015., г. Москва;
- Альбом, посвященный ысыаху Олоцхо в Вилюйском улусе «Булуу о5олоро олоцхону уруьуйдууллар», 2017., г.Якутск
- «Землю Олоцхо рисуют дети», Г.А.Шелковникова, 2018., г.Якутск.
- «Олоцхо- о5о уруhуйугар» альбом, по итогам конкурса, в рамках 100-летию ЯАССР и проведения Юбилейного Ысыаха «ОЛОЦХО-2022» в Верхневилюйском улусе.