Дополнительное образование детей и взрослых | Сивцева Елена Петровна. Работа №331675
Кулун тутар ыйга Чурапчытаа5ы киин библиотека тэрийиитинэн «Айар кут кыната» Мугудайтан теруттээх Саха республикатын культуратын утуелээх улэьитэ, ЯГСХА иьинэн улэлиир «Сандал» ункуу ансамбылын теруттээччитэ, салайааччыта Станислав Филиппович Катаковка аналлаах « Ыра санаа кыната» диэн кинигэни керееччу дьуулугэр киин библиотека аа5ааччыны кытта улэлиир отдел сэбиэдиссэйэ Кузьмина Марфа Николаевна иилээн са5алаан ыытта. Керсуьуугэ Станислав Филиппович туьунан ахтыылары Чурапчы депутаттарын советын председателэ Захаров А.А., Мугудай нэьилиэгин баьылыга Пермяков К.И., уерэммит Д.Д.Красильников аатынан «Ба5а санаа» Ивановтар авторскай оскуолаларын научнай улэ5э специалиьа Иванова Е.М., оскуола иитэр улэтин салайааччыта Захарова Ф.В., «Келукэчээннэ» ункуугэ уерэппит учууталлара Терютин Н.Н., Сивцева Е.П., Бииргэ ункулээбит о5олоро Марина Федорова , Мария Попова, Мугудай олохтоохторо, ийэтэ Катакова Е.П. сурдээх истин тыллардаах ахтыылары онорон иЬирэх керсуьуу буолан ааста.
Катаков Станислав Филиппович Мугудай нэьилиэгин бочуоттаах олохтоо5о буолбутун туьунан свидетельствоны нэьилиэк баьылыга Пермяков К.И. ийэтигэр. Евдокия Петровна5а туттарбыта олус долгутуулаах уонна уеруулээх тугэнинэн буолла.
Бу биэрии зуумунан бутун республика урдунэн элбэх киьини хабан буолла. Саха ункуутун саамай киэн туттуута профессор, элбэх келуенэ ункууьуттэри, ол иьигэр Станиславы уерэппит Лукина Ангелина Григорьевна интернет кеметунэн сибээскэ тахсан Станислав Филиппович ункуулэрин, режиссерскай улэлэрин ырытта. Айыл5аттан айдарыллан кэлбит улахан талааннаах суду киьи кулум гынан ааспыт оло5ор элбэ5и онорон, саха ункуутун урдук таьымна таьааран барда диэн а5ынна.Ункуулэрэ дирин философиялаахтарыттан, ураты туруоруулаахтарыттан се5ерун бэлиэтээтэ. Ессе да элбэ5и оноруохтаа5а, элбэх былааннардаах этэ диэн тумуктээтэ. Хомойуох иьин техническай биричиинэнэн зуумунан ахтыы онороору кэтэьэн олорбут элбэх бииргэ улэлэспит дьоно, «Сандалга» уерэппит о5олоро ахтыы онорбокко керееччу эрэ буоллулар.
Мугудайга сурэ5и долгутар икки кинигэ сурэхтэниитэ.
РФ уопсай уерэхтээьинин бочуоттаах
улэьитэ Сивцева Елена Петровна.

Ункууну оло5ун аргыьа оностубут Стасикпыт о5о сылдьан «Келукэчээннэ» ункулээн кынат анньыммыт
«Туосчут Туйаара», «Ат суурдээччилэр бырааьынньыктара» (Дьеьегей) ункуулэрин ансамбыл выпускниктара уонна Мугудай ыччаттара ере кууруулээхтик ункулээн Стасикпытын санаттылар. Ыалдьыттарынан Чурапчыттан «Умсул5ан» ункуу ансамбыла «Таджикскай», «Хайаан да эргиллиэм иккиьин» ункуулэри толорон керееччуну сэргэхситтэ..
«Ыра сана кыната» кинигэни аа5а олорон Станислав Филиппович кылгас оло5ор элбэх да сана суурээннэри киллэрбитин, дьонно сырдык ейдебулу хаалларбытын се5ебут. Фольклористары эккирэтэ сылдьан кинилэртэн элбэххэ уерэммитин, ол билиитин бэйэтин ункуулэригэр, Туймаада ыьыа5ын аьыллыытыгар туттан дирин билиилээ5ин кердербутун, улэ умсул5аныгар уйдаран элбэ5и ситиспитин се5ен туран ахталлар.
Айар кут абылана кинини кынаттыыра.Талааннаах педагог, салайааччы, режиссер, ункуу туруорааччы, сценограф буоларын араас ахтыылар туоьулууллар. Ылсыбыт улэтин дэгиттэр талаанынан алмаас таас кырыыларын курдук бары еттунэн кылабачыта оонньоппутун бииргэ улэлэспит дьоно бэлиэтииллэр.
Кырдьык да5аны Станислав Филиппович туруорбут ункуулэринэн, «Ыра санаа кыната» кинигэтинэн биьиэхэ эргиллэ туруо5а. Кинигэни Чурапчытаа5ы киин библиотекаттан уларсан аа5ыаххытын сеп.
Ессе биир кинигэ Мугудайга сурэхтэннэ. Мугудайдаа5ы Д.Д.Красильников аатынан оскуола 90 сыллаах юбилейыгар анаммыт «Алтан чуораан алгыьынан» 590 страницалаах кинигэ сурэхтэниитэ юбилей кун Муус устар 9 кунугэр урдук таьымнаахтык буолан ааста. Киьи биир тыынынан керер, олус интэриэьинэй биэриини Мугудайтан теруттээх Россия суруналыыстарын сойууьун чилиэнэ, Саха республикатын «Ил тумэн» судаарыстыбаннай мунньа5ын сис кэмитиэтин старшай референа, СР культуратын туйгуна Светлана Владимировна Диодорова-Лаврентьева бэрт ылба5айдык, солуннук иилээн са5алаан ыытта.
Биэрии кэмигэр сцена икки еттугэр кинигэ5э киирбит хаартыскалар, видеолар, «Келукэчээн» ансамбыл ункуулэрэ, дьарыктана сылдьар тугэннэрэ тиьигин быспакка кесте турбуттара керееччуну сэнээртэ. Светлана Владимировна биэриитин кэмигэр элбэх сюрпризтары киллэрбит. Выпускниктар оскуола5а уерэммит сылларыгар туспут сэдэх хаартыскаларын араамалаан туттартаан уертэ,Светлана Варламова, Дмитрий Артемьев ункуу бэлэхтээх учууталларыгар махталларын эттилэр. Светлана Владимировна бииргэ уерэммит кылааьын о5олорун кытта уерэммит «Ба5а санаа» оскуолаларын авторыгар Иванова Елена Михайловна5а республика5а ханна да суох киэн программалаах оскуола5а уерэммит дьоллоохторун бэлиэтээн туран бары еттунэн сайыннаран таьаарбыттарыгар махталларын этэн сибэкки дьербетун туттарбыттара киьини долгутта.
Кинигэ сайдыылаах олохпут сана суурээнинэн оноьуллан куйаар кодтаах. Телефоннун та5айдаргын эрэ о5олор, выпускниктар санаран, «Келукэчээннэр ункулээн киирэн бараллара аа5ааччыны сэнээрдэр. Кинигэ5э улэлээбит учууталлар, эбии уерэхтээьин педагогтарын, биирдиилээн выпускниктар ахтыылара, оскуола 63 выпуьа тус туьунан истин ахтыы тыллара хаартысканан до5уьуолламмыттар. Учууталлар, салайааччылар предметтэринэн,улэлиир хайысхаларынан араарыллан, педогогическай конкурс кыайыылаахтара, оскуола бочуоттаах ветераннара, урэ5ирии туйгуннара, буойун учууталлар, предметнэй олимпиада5а ситиьиилээхтэр, НПК кыайыылаахтара, оскуоланы мэтээлинэн бутэрбиттэр, президент елкатыгар кыттыбыт о5олор, оскуола меценаттара уонна да элбэх ситиьиилээх педагогтар, о5олор сылларынан араарыллан хаартыскалара ыйаммыт.
«Алтан чуораан алгыьынан» кинигэ автордарыгар Диодорова-Лаврентьева Светлана Владимировна5а, Данилова Елена Михайловна5а, Аммосова Куннэй Григорьевна5а, Трофимова Мария Дмитриевна5а кинигэни ке5улээн таьаартарбыт Мугудай оскуолатын директорыгар Юмшанов Иннокентий Сергеевичка элбэх киьи махталын тириэртэ.