Международный
педагогический портал
Международный педагогический портал (лицензия на осуществление образовательной деятельности №9757-л, свидетельство о регистрации СМИ №ЭЛ ФС 77-65391)
8 (800) 350-54-64
звонок бесплатный
org.komitet@solncesvet.ru
8 (800) 350-54-64
звонок бесплатный
org.komitet@solncesvet.ru
Vk Whatsapp Youtube
Лицензированный образовательный портал (лицензия №9757-л, СМИ №ЭЛ ФС 77-65391)
8 (800) 350-54-64
Название статьи:

«Олонхо баайын туьаныы, о5о5о тиэрдии» | Канаева Елизавета Николаевна. Работа №309491

Дата публикации:
Автор:
Описание:

    Олонхо баайын туьаныы,  о5о5о тиэрдии.

 

Норуот тылынан уус-уран айымнньыларыттан бары еттунэн баай ис хоьоонунан, уус-уран ойуулааьынынан, толоруллуутунан, кээмэйинэн уратылаахтара, саха норуотун киэн туттуута – олонхо.

      Олонхо суолтата анардас тыл уус-уран айымнньыта буоларынан эрэ буппэт. Кини саха норуотун историятын, философиятын, итэ5элин, тереебут айыл5атын уерэтэргэ суолтата эмиэ улахан. Оттон литература, поэзия уонна музыкальнай фольклор еттунэн олонхо-саха норуотун энциклопедията. Бары кундутэ мустубут музейа, саха фольклорун бары жанрдарын синтеьэ-лирическай ырыаттан драматыгар диэри, кини билэр бары поэтическай ньымаларын сиэркилэтэ. Олонхо уескээбит тeрдe тугэх былыргыттан силистээх. Саха бэйэтэ да «ус саха уедуйуен иннинэ, туерт саха теруен иннинэ» диэн олонхотун ааннаан киирэр. Бу аата олонхо уескээбит тугэх терде сахалар бу дойдуга кэлиэхтэрин иннинээ5и историяларын кытары ситимнээх. Олонхо историческай ерутэ-кини саха норуотун былыргы оло5ун-дьаьа5ын, характердарын кердеруутугэр буолар. Олонхо бараммат кэрэхсэбилэ,кун бугунугэр диэри биьиэхэ кунду.

      Маннык улуу айымнньылаах эрээри о5о дьоммутун кини патриотическай идеалыгар, норуот традиционнай духовнай культуратын утуе угэстэригэр иитэр, сыьыарар, билиьиннэрэр кыахпытын кэнэтэн иьиэхтээхпит. Оскуола иннинээ5и саастаах о5олорго анаммыт программа5а «Дьулуруйар Ньургун Боотур» уонна К.Туйаарыскай «Быыра-Баадьай» олонхо-остуоруйата киирэн тураллар. Программа5а киирбит К.Туйаарыскай «Быыра-Баадьай» олонхо-остуоруйа кинигэтэ 1974 сыллаахха бэчээттэммитэ. Кинигэ ис хоьоонугар сеп тубэьэр, ене да суох буоллар себугэр элбэх боростуой  уруьуйдара  бол5омтону  тардаллар.

     Бу олонхо-остуоруйаны о5олорго билсиьиннэрэн, уерэтэн баран бары субэлэьэн, олонхо5о о5о барыта кыттар гына белехтерунэн уллэрэн туруорбуппут: бастакы чааьын орто белеххе, иккис чааьын  улахан  белеххе,  уьус  чааьын   алта  саастаахтарга.

     Олонхону биир да тылын быспакка уллэрэн уерэтии ыытыллыбыта. Айымньы о5ону кыратыттан, ула5аныттан тутулуга суох бэйэтигэр ыбылы ылбыта.

МБОО «Чычымахская СОШ им. С.Р КулачиковаЭллэй, МР «Таттинский улус», РС(Я), дошкольное образование

 

 

 

 

 

 

 

 

ДОКЛАД

 

«Олонхо баайын туьаныы, о5о5о тиэрдии»

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

Воспитатель:

Канаева Елизавета Николаевна

 

 

 

 

Олонхо баайын туьаныы, о5о5о тиэрдии.

 

Норуот тылынан уус-уран айымнньыларыттан бары еттунэн баай ис хоьоонунан, уус-уран ойуулааьынынан, толоруллуутунан, кээмэйинэн уратылаахтара, саха норуотун киэн туттуутаолонхо.

Олонхо суолтата анардас тыл уус-уран айымнньыта буоларынан эрэ буппэт. Кини саха норуотун историятын, философиятын, итэ5элин, тереебут айыл5атын уерэтэргэ суолтата эмиэ улахан. Оттон литература, поэзия уонна музыкальнай фольклор еттунэн олонхо-саха норуотун энциклопедията. Бары кундутэ мустубут музейа, саха фольклорун бары жанрдарын синтеьэ-лирическай ырыаттан драматыгар диэри, кини билэр бары поэтическай ньымаларын сиэркилэтэ. Олонхо уескээбит тeрдe тугэх былыргыттан силистээх. Саха бэйэтэ да «ус саха уедуйуен иннинэ, туерт саха теруен иннинэ» диэн олонхотун ааннаан киирэр. Бу аата олонхо уескээбит тугэх терде сахалар бу дойдуга кэлиэхтэрин иннинээ5и историяларын кытары ситимнээх. Олонхо историческай ерутэ-кини саха норуотун былыргы оло5ун-дьаьа5ын, характердарын кердеруутугэр буолар. Олонхо бараммат кэрэхсэбилэун бугунугэр диэри биьиэхэ кунду.

Маннык улуу айымнньылаах эрээри о5о дьоммутун кини патриотическай идеалыгар, норуот традиционнай духовнай культуратын утуе угэстэригэр иитэр, сыьыарар, билиьиннэрэр кыахпытын кэнэтэн иьиэхтээхпит. Оскуола иннинээ5и саастаах о5олорго анаммыт программа5а «Дьулуруйар Ньургун Боотур» уонна К.Туйаарыскай «Быыра-Баадьай» олонхо-остуоруйата киирэн тураллар. Программа5а киирбит К.Туйаарыскай «Быыра-Баадьай» олонхо-остуоруйа кинигэтэ 1974 сыллаахха бэчээттэммитэ. Кинигэ ис хоьоонугар сеп тубэьэр, ене да суох буоллар себугэр элбэх боростуой уруьуйдара бол5омтону тардаллар.

Бу олонхо-остуоруйаны о5олорго билсиьиннэрэн, уерэтэн баран бары субэлэьэн, олонхо5о о5о барыта кыттар гына белехтерунэн уллэрэн туруорбуппут: бастакы чааьын орто белеххе, иккис чааьын улахан белеххе, уьус чааьын алта саастаахтарга.

Олонхону биир да тылын быспакка уллэрэн уерэтии ыытыллыбыта. Айымньы о5ону кыратыттан, ула5аныттан тутулуга суох бэйэтигэр ыбылы ылбыта.

О5о барыта себулээбитин бары Быыра уол буолуохтарын ба5аралларын учуоттаан 3-с сурун оруоллардаах гына туруорбуппут. Ол эбэтэр ус олонхоьут, ус Быыра-Баадьай (белех аайыттан биирдии), атыттар бары маассабай оруолга оонньуулларын курдук турбута. Олонхо бэлэмнэниитэ о5олорго олус кехтеехтук ыытыллыбыта. Олонхо5о анал декорация онорбокко эрэ аьа5ас айыл5а5а ыытарга быьаарыммыппыт. Ус тус-туспа кестуулээх анал айыл5алаах сирдэри булан, белехтерунэн уллэстэн ыраастаан сэргэхситэн кэбиспиппит. Ус сиринэн кэрийэ-хаамса сылдьан керееччулэргэ о5олор олус учугэйдик кердербуттэрэ кун бугунугэр диэри ахтыллар.

Бу туруоруу биир уратыта-о5олор ба5аларын учуоттаан, урукку еттугэр сурун оруолу олох да толоро илик о5олор сурун оруоллары ба5аран туран ылынан, улахан эппиэтинэскэ тиксиини чиэстээхтик, эрэллээхтик туораабыттара буолар.

Атын ханнык ба5арар о5о тэрилтэтигэр баар олонхону хартыынанан кэпсээьин ньыматын эмиэ туьанабыт. 1999 сыллаахха улууска семинар ыыппыппыт биьирэммитэ. Бу семинар олонхону билиьиннэриигэ биир суолталаах ситиьиибит буолар.

Биьиги коллективпыт иьинэн «Кубэй» фольклорнай ансамбль тэриммиппит 30 сыла. Ансамбль улууска, республика5а ыытыллар угус уеруугэ, бэлиэтээьиннэ мэлдьи кыттар. Ол курдук Таатта5а ыытыллыбыт олонхо оонньууларын культурнай программатын кыттыылаа5анно фольклорнай концерга «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олонхоттон Айыы Умсуур уда5ан ырыатын хомуска до5уьуоллаан толоруубутун Германияттан кэлэ сылдьар ыалдьыттар кытта кэрэхсээн истибиттэрэ.

Олонхону билиьиннэрэн быьааран кэпсииргэ биир улахан кеменен буолар «Олонхо дойдута» диэн вывескалаах музей хос. Манна Таатта-олонхо дойдута буоларын кердерер сорох экспонаттара: Г,Колесов толорбут 9-с пластинкатын комплега, «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олонхо нууччалыы тахсыбыт кинигэтэ; П,А,Ойуунускай портрета, кини туьунан араас кинигэлэр, буклеттар, халандаардар.значоктар; сахабыт сиригэр араас кэмнэ аатыра-сура5ыра сылдьыбыт олонхоьуттар улэлэрин-олохторун туьунан истиэндэлэр, планшеттар; олонхоьуту уонна олонхо араас персонажтарын ейдете турар еннеех улахан хартыыналар; Ньургун Боотуру уонна Туйаарыма-Куону араас кэмнэ пьеса5а,опера5а толоро сылдьыбыт артыыстар хаартыскалара; о5олор истибит-билбит олонхолорун хайдах ейдеебуттэрин кердерер витриналар уонна д.а.

Манна киирбит о5олор олонхобут чахчы суду баайбыт буолан, кичэллээхтик харыстанан турарын кэрэ сылдьан, билбиттэрин-кербуттэрин тереппуттэригэрэрэ кэлбит до5отторугар,убайдарыгар бэйэлэрэ олус киэн туттан кэпсии,санара,кердере улааталларыгар олонхо баайын туьаныы биир уратыта буолар.

1999, 2001, 2003 сылларга улууска ыытыллыбыт спартакиада5а курэхтэьэн 3-с тегул кыайыы ерегейун ылбыппыт. Хас да сыл о5олорго «Олонхо ыьыа5а» диэн ыспыппыт. Манна кыргыттарга, ийэлэргэ «Уьун суьуох» конкурс ыытан, саамай уьун суьуохтаах кыыстаах ийэ «Туйаарыма Куо» аатын иьин курэхтэспиттэрэ. Уолаттарга олонхо олук хоьооннорунан уерэ-дьуерэ санарда уерэтиигэ «Биьиги уоллаттар » диэн аа5ыы конкурсун

6тегулун ыыттыбыт.

Бу улэбит тумугунэн олонхо о5о5о туьалаах суолтатын ситистибит:

1. О5о чобуотук санара, тутта уерэнэрэ.

2. Кэрэтик кесте, танна, оносто сылдьарга уьуллуута.

3. Олонхо дьонугар майгынныыр сиэргэымса,куустээх, тобулла5ас санаа5а убанара.

4. Олонхо сурун оруоллара бастын-мааны киьи уобараьа буоларын кердере, ейдуу уерэниилэрэ.

5. Кэрэ ыраас кестуулээх, сырдык санаалаах, доруобай, куустээх киьини дьон, общества себулуурун, махтанарын ейдууллэрэ.

Онон олонхобут бастатан туран кэрэ5э сыьыан диэн туран:

Кини кыыс курдук нарын,

Уол курдук дьорхоот,

Ийэ курдук эйэ5эс

Киьи курдук кэрэ

буоларын кэлэр кэскилбитигэр тиэрдии киэн эйгэлээх улэни эрэйэр. Олонхо5о инмит-биьиги ебугэбит еркен ейе, кэлэр келуенэни кэрэ5э-утуе5э угуйар санаата хаьан да уостубакка, ханнык да куьа5ан санаа5а бэриммэккэ, ессе эбии кууьурэн, уйэлэр тухары уксуу турдун диэн сайа5ас тылынан

алгыспын тиэрдиэхпин ба5арабын.

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

Скачать работу
Пожалуйста, подождите.
x
×