Международный
педагогический портал
Международный педагогический портал (лицензия на осуществление образовательной деятельности №9757-л, свидетельство о регистрации СМИ №ЭЛ ФС 77-65391)
8 (800) 350-54-64
звонок бесплатный
org.komitet@solncesvet.ru
8 (800) 350-54-64
звонок бесплатный
org.komitet@solncesvet.ru
Vk Whatsapp Youtube
Лицензированный образовательный портал (лицензия №9757-л, СМИ №ЭЛ ФС 77-65391)
8 (800) 350-54-64
Название статьи:

Речевые ошибки в современном якутском языке | Гоголева Любовь Алексеевна. Работа №346295. Номер работы: №346295

Дата публикации:
Автор:
Описание:

Речевые ошибки появляются  только в устной речи,их можно заметить только в контексте.Это неправильный выбор слова или неуместные применения его в общепринятом виде,любые отклонения от действующих языковых и грамматических норм итд.Это ошибка в речи человека.Сушествует классификация речевых ошибок русского языка.Мы рассмотрели ее в сравнении

Саха тыла 5 кылаас

Учуутал: Зыков А.В.

Уруок темата: Илин, кэлин аһаҕас дорҕооннор. Саха тылыгар аһаҕас дорҕоон дьүөрэлэһиитэ.

Сыала:

Илин уонна кэлин аһаҕ

ас

дорҕооннору

арааран

истэргэ

үөрэнэллэригэр

усулуобуйа

тэрийии

.

Ити

дорҕооннору

араас

ө

тт

үттэн

чинчийэн

көрүү

.

Саха

тылыгар

аһ

а

ҕас

дорҕоон

дьүөрэлэһэн

туттулларын

туһунан

билиини

арыйалларыгар

сөптөөх

үлэни

тэрийии

.

Сатаан

алтыһар

дьоҕурдарын

сайыннарыы

.

Уруок тиибэ: Үөрэнэр соругу туруоруу.

 

Тирэх билиилэрэ:

Аһаҕас дорҕооннор араастара.

Аһаҕас дорҕооннор буукубалара.

 

Уруок хаамыыта.

1 этап. Тэрээһин.

2 этап. Өйдөбүлү үөскэтэр түгэн.

   1. Манна араас буукубалар бааллар. Балартан аһаҕас дорҕоон   буукубаларын булан суруйуҥ.

   2. Бэйэни сыаналаныы (төһө кыраһыабайдык суруйбуттарын шкаланан сыаналаналлар)

   3. Аһаҕас дорҕооннор тустарынан кэпсэтиэҕиҥ. Аһаҕас дорҕооннор тустарынан тугу билэҕитий? (оҕо эппиэтин дуоскаҕа бэлиэтээн иһэбин)

   4. [а] [э] Бу икки дорҕоону тэҥнээн көрүҥ. Кинилэр туох уратылаахтарый? (оҕолор сабаҕалааһыннара)

   5. Билигин кэтээн көрүөҕүҥ. Сиэркилэҕитин ылыҥ, саҥаран көрүҥ. Көрүҥсаҥарарбытыгар туох кыттарый? (тыл) (Оҕолор бэйэлэрэ түмүк оҥороллоругар усулуобуйа тэрийии. [а] дорҕоону саҥарарга тылбыт арыый иннин диэки кэлэрин, [э] дорҕоону саҥарарга тылбыт арыый кэннин диэки барарын бэлиэтии көрөллөрүн ситиһиэххэ наада)

   6. Атын аһаҕас дорҕооннору эмиэ кэтээн көрүөҕүҥ (сиэркилэ көмөтүнэн кэтээн көрөллөр, учуутал көмөтүнэн наардыыллар)

               [э]             [а]

               [и]             [ы]

               [ө]             [о]

               [ү]             [у]

Тылбыт иннин диэки кэлэр буоллаҕынаилин аһаҕас дорҕооннор дэнэллэр.

Тылбыт кэннин диэки барар буоллаҕынакэлин аһаҕас дорҕооннор дэнэллэр.

 

3 этап. Үөрэнэр соругу туруоруу.

 - Бүгүҥҥү уруокпутугар туох туһунан кэпсэтиэхтээх эбиппитий? (Илин уонна кэлин аһаҕас дорҕооннор тустарынан)

Тэтэрээккэ суруйуу

Илин а.д. [э],[и],[ө],[ү]                                        

Кэлин а.д. [а],[ы],[о,[у]

 

4 этап. Үөрэнэр соругу быһаарар чинчийии үлэтэ

- Эһиги санааҕытыгар уһун аһаҕас дорҕооннорго итинник буолуо дуу, атын буолуо дуу? (оҕолор сабаҕалааһыннара, чинчийии, түмүк оҥоруу)

- Оттон дифтоннарга? (чинчийии көмөтүнэн түмүк оҥоруу)

 

Пааранан үлэ. Бу тылларга сорох аһаҕас дорҕоонноро көтөн хаалбыттар. Сүбэлэһэн баран туруоруҥ.

      Т_й__ра           К_скил

      С_рг_              Нь_рг_н

 

- Аһаҕас дорҕооннор тустарынан туох саҥаны билбиппитин бу тылларга кэтээн көрүөҕүҥ. (оҕолор этэллэр)

         к  к  к             и   и

       Туйаара           Кэскил            

          к  к                  к  к

       Саргы             Ньургун

 

- Биир эмэ тылга илин уонна кэлин аһаҕас дорҕооннор булкуһан турбуттар дуо?

 

- Атын кылааска учууталлара сорудах биэрбит. Биир оҕо маннык толорбут.

     к   и  и            и  к к

     Оһүөкэй         иэҕайа

 

- Кинини кытта сөбүлэһэҕит дуо? (Тоҕо сөбүлэспэттэрин быһаараллар. Бу тыллары сөпкө суруйаллар.)

 

Чинчийии көмөтүнэн түмүк оҥороллор: Саха тылыгар аһаҕас дорҕоон түбэһиэх туттуллубат. Биир тылга наар илин эбэтэр наар кэлин аһаҕас дорҕоон туттуллар. Ол сокуонАһаҕас дорҕоон дьүөрэлэһиитин сокуона диэн ааттанар.

Арай ол сокуону кэстэххэ? (быһаараллар)

 

5 этапРефлексия.

Туох саҥаны биллигит? Ону быраабыла оҥорон модельга көрдөрүҥ.

 

            А.д.

 

        И        К

 

    и и и      к к к

    .  .  .       .  .  .

 

               

 

 

 

 

 

 

 

 

6 этап. Хонтуруол.

25 эрчиллии. Аһаҕас дорҕоон дьүөрэлэһиитин сокуона тутуһуллубут дуо? Бэрэбиэркэлээн көрүҥ.

 

7 этап. Уруок түмүгүнэн рефлексия оҥоруу.

              -Бүгүн уруокка тугу гынныбыт? Туох саҥаны биллибит? Дьүөрэлэһии сокуона диэн туох эбитий? Төһө өйдөөбүккүтүн сыаналаныҥУруокка хайдах үлэлээбиккитин  сыаналаныҥ(шкаланан сыаналаналлар)

        Саха тыла наһаа баай, элбэх дьиктилээх. Улаатан истэххит аайы өссө элбэҕи, өссө интириэһинэйи билэн иһиэххит.

 

Дьиэҕэ үлэ: 5 илин аһаҕас дорҕоонноох тылы, 5 кэлин аһаҕас дорҕоонноох тылы суруйуҥ. Кэтээн көрүҥдьүөрэлэһии сокуонун тутустугут дуо?

 

 

Скачать работу
Пожалуйста, подождите.
x
×