Сахалыы остуол оонньуулара оҕо сайдыытыгар | Пестрякова Евдокия Ивановна, Хартасова Клавдия Климентьевна. Работа №347259
Мичээр оонньуур эйгэтэ "Сахалыы остуол оонньуулара оҕо сайдыытыгар".
Саха норуота былыр-былыргыттан омук быһыытынан илдьэ кэлбит төрүт оонньуулара эт-хаан, өй-санаа өттүнэн сайдыытын туоһута буолар. «Оҕо оонньоон улаатар» диэн саха тылыгар бэргэн этии баар. Оонньуур оҕо кыра эрдэҕиттэн саҥарар саҥата, толкуйдуур дьоҕура сайдар, көрүүтэ-билиитэ, тыла-өһө, уйулҕата, дьону кытары бодоруһа – алтыһа үөрэнэр . Билиҥҥи кэмҥэ оҕо дьиэтигэр оонньуура аҕыйаата, үксүн телефон, телевизор, компьютер дьарыктаах буоллулар. Ону учуоттаан оҕо интэриэһин тардаары, билиҥҥи эдэр төрөппүттэри көҕүлээн сахалыы остуол оонньууларын оҥорорго санаммыппыт. Төрөппүттэрбит туора турбакка көхтөөхтүк кытталлар.
Сахалыы остуол оонньууларын муннугун, уһуйааммыт бөлөхтөрүгэр тэрийии сүрүн сорукпут буолар. Оонньуулары холбукаҕа уга сылдьан араас тэрээһиннэргэ, мастер-класстарга, семинардарга илдьэ сылдьарга табыгастаах гына оҥоруу. Сайынын нэһилиэкпит ыһыаҕар, оҕо түһүлгэтигэр оҕолорго анаан оонньотобут. Өбүгэлэрбит үгүс оонньуулара билигин умнуллан сылдьаллар, ону сөргүтээри бу барылы сыаллаан-соруктаан үлэҕэ киллэрэн эрэбит.
549dc9f38b52a789703a7b5e64dcd086.docx