Технологическая карта урока литературного чтения на якутском языке | Сивцева Лена Афанасьевна. Работа №222873
Автор: Сивцева Лена Афанасьевна
Технологическая карта урока
Класс - 4
Предмет - литературное чтение на якутском языке.
Урок - внеклассное чтение
Тема - А.Е.Кулаковский "Кутуйах"
Уруок информационнай картата
1.
Учуутал А.А.А.
Сивцева Лена Афанасьевна
2.
Yлэлиир оскуолата
Академик А.В.Чугунов аатынан Мэлдьэхси орто оскуолата
3.
Уруога
Литература аа5ыыта
4.
Кылаас
4
5.
Учуутал туттар технологията
Сатабыл.
6.
Уруок темата
А.Е.Кулаковскай - Оксокулээх Олоксой “Кутуйах”
7.
Уруок үѳрэх былааныгар миэстэтэ, оруола
Кылаас таҺынан аа5ыы уруога
8.
Уруок тиибэ
Кылаас таҺынан аа5ыы уруога
9.
Уруок сыала
А.Е.кулаковскай туһунан билиини хаҥатыы. Уус ураннык ааҕыыга көҕүлээһин, тыл саппааҺын байытыы. Синквейн ньыматынан хоһоон айарга холонуу.Бѳлѳххѳ үлэ сатабылларын иҥэрии.
10.
Уруок соруктара
Yѳрэтэр:
-тыл кѳмѳтүнэн айымньыны сиһилии ырытарга үѳрэтии;
-айымньы сүрүн санаатын быһаарарга үѳрэтии;
-синквейн ньыматын туһанан хоһоон айарга үѳрэтии.
Сайыннарар:
-саҥарар саҥаны сайыннарыы;
-үѳрэнээччи тылын саппааһын кэҥэтии;
-аа5арга интэриэһи үѳскэтии.
Иитэр:
-бодоруһуу сатабылларын сайыннарыы.
-бэйэ- бэйэ5э аҺыныгас буолууну, кѳмѳлѳҺγγнγ иңэрии
-тѳрѳѳбүт тѳрүт тылынан киэн туттууну иитии.
11.
Былааннаммыт түмүк
Тустаах үѳрэх биридимиэтин үѳрэтии түмүгэ:
- айымньы ис хоьоонун ѳйдѳѳн аа5ыы;
- араас ньыманы туттан аа5ар дьо5уру тупсарыы.
Ытык ѳйдѳбүллэри иҥэрии: биир саастыылаахтарын кытта алтыһыы сатабылларын сайыннарыы.
Yѳрэх уопсай сатабылларын сайыннарыы:
-алтыһыы кэмигэр бэйэ-бэйэ5э кѳмѳлѳсүһүү;
-үѳрэнээччи салайынар дьо5урун сайыннарыы;
-бѳлѳххѳ бодоруҺуу, үлэни үллэстии, былааннаныы.
12.
Уруокка туттуллар ньымалар
- бѳлѳ5унэн үлэ,тиэкиҺинэн үлэ, айымньыны ырытыы; айар үлэ.
13.
Уруокка туттуллар матырыйаал
А.Е.Кулаковскай «Кутуйах» хоьоон, презентация, сорудахтаах карточкалар.
14.
Атын биридимиэттэри кытта сибээһэ
Саха тыла, тулалыыр эйгэ
Уруок технологическай картата
№
Урок түһүмэхтэрэ
Түһүмэх сыала
Учуутал дьайыыта
Уерэнээччи дьайыыта
Yѳрэх дэгиттэр дьайыыларын сайдыыта
1.
Тэрээһин
О5ону үлэлиир турукка киллэрии, ситиһии тугэнин үѳскэтии.
О5о уруокка бэлэм буоларын тэрийии. Билсиһии.
Биир санаа5а кэлэн, кэпсэтиигэ кыттыҺыы. Саңаны билэргэ бэлэмнэнии.
Бэйэни керер-салайынар (личностные):
Бол5омтону уруок үтүѳ ѳрүтүгэр ууруу.
Былааннанар
(регулятивные):
Ситиһиилээх үлэ5э турунуу
2.
Yѳрэх дьарыгар ба5аны үѳскэтии
Урут билэргэ оло5уран саҥа билиини ыларга бэлэмнээһин.
Билэри, билбэти чопчулааһын.
Экранңа остуоруйалар ойуулара бэриллэр. Ойуулар кѳмѳлѳрүнэн уруок тематыгар киллэрии.
билэллэрин, билбэттэрин чопчулаан биир ѳйдѳбүлгэ кэлэллэр.
Бодоруһар (коммуникативные) :
бэйэ санаатын бигэргэтии
Билэр-кѳрѳр
(познавательные):
Урут үѳрэппити хатылааһын
Былааннанар:
сѳптѳѳх эппиэти биэрии.
3.
Уруок соругун быһаарыы .
Бѳлѳ5γнэн γлэ
Бииргэ толкуйдаан, саҥаны арыйыыга, бэриллибит соруда5ы толорорго сатабыллары сайыннарыы.
Айымньы лоскуйдарын аа5ан, наардааҺын үлэни бѳлѳхтѳрүнэн тэрийэр.
Бѳлѳ5үнэн бэриллибит сорудахтары толороллор:
-айымньыны лоскуйдарынан аа5ан сибээстииллэр;
Бодоруһар :
Бѳлѳххѳ үлэ5э киирэн толкуйдаһыы, бэйэ санаатын тириэрдии
Билэр -кѳрѳр:
Ɵйдѳѳбүттэн сүрүнүн ырытыы
Былааннанар:
Этиллибит,иһиллибит информацияны соруктары ситиһэргэ түмүү
4.
Хонтуруолланыы, сыаналаныы
Ырытар, тэҥниир сатабылларын сайыннарыы
Айымньы толору лоскуйун аудио- аа5ыы кѳмѳтүнэн иһитиннэрэн бэрэбиэркэлэниини тэрийэр
Бэйэ-бэйэни истэн айымньы ис хоһоонун бэрэбиэркэлэнии. Аудиозапиьынан бэрэбиэкэлэнии.
Хонтуруол:
Тэңнээн кѳрѳн бэрэбиэркэлэнии
5.
Ɵйдѳммѳт түгэни быҺаарсыы
Ɵйдѳммѳт тыллары булан, ону туоратарга сыал-сорук туруорунуу
Карточканан үлэ - ѳйдѳммѳт тыл быһаарыытын сѳптѳѳҕүн булуу. Тыл быһаарыытын сѳпкѳ булалларыгар кѳмѳ буолуу.
Тылы быҺаарыыга бэйэ санаатын этии.
Бэйэни керер-салайынар:
Айымньыны сѳптѳѳхтүк ѳйдѳѳһүн
Билэр-кѳрѳр:
Тыл ис хоҺоонун билии
БодоруҺар:
До5отторун этиилэрин бол5ойон истии
6.
Сынньалаҥ
О5о сылаатын таһааран, хамсанан сынньанарын ситиһии
Сынньалаҥы тэрийии
О5олор хамсанан сэргэхсийэллэр
Бодоруһар: бэйэ-бэйэлэрин сэҥээрэн бары тэҥҥэ хамсаналлар
Бэйэни керер-салайынар:
Сынньанар, дуоһуйар
7.
Айар сорудах
Хоһоон суруйарга холонуу.Бииргэ толкуйдаан, бэриллибит тиһигинэн үлэлээһиҥҥэ сатабыллары сайыннарыы
Хоһоон айааһыныгар тирэх буолуу.
Биир ѳйдѳбγлгэ кэлиини тэрийии.
О5олор айар соруда5ы толороллоругар турукка киллэррии.
Синквейн ньыматынан хоһоон айаллар. Айар сорудах толоруутугар о5олор бэйэлэрин санааларын этинэллэр.
Бодоруьар:
бэйэ санаатын этии, тириэрдии
Былааннанар:
бэйэ үлэтин түмүгүн сѳпкѳ сыаналаныы
Бэйэни керер-салайынар:
Бииргэ алтыһыы быраабылатын туттуу
8.
Уруок тумугэ. Рефлексия
Саха тыла баайын айымньы нѳҥүѳ ылыныы. Бэйэ ситиһиититтэн дуоһуйуу.
Саха тылын баайа айымньыларга - диэн санаа5а а5алыы
О5олор бэйэлэрин санааларын этэллэр.
Билэр-кѳрѳр
Сананы γѳрэтиигэ ылбыт билиини таба ѳйдѳѳҺγн
Былааннанар
Үлэ тумугунэн бэйэни хонтуруоллааҺын