Международный
педагогический портал
Международный педагогический портал (лицензия на осуществление образовательной деятельности №9757-л, свидетельство о регистрации СМИ №ЭЛ ФС 77-65391)
8 (800) 350-54-64
звонок бесплатный
org.komitet@solncesvet.ru
Скидка 42% действует до 22.11
8 (800) 350-54-64
звонок бесплатный
org.komitet@solncesvet.ru
Vk Whatsapp Youtube
Лицензированный образовательный портал (лицензия №9757-л, СМИ №ЭЛ ФС 77-65391)
8 (800) 350-54-64
Название работы:

Педдоклад «Сметанин – улуу саха…», посвященная 100-летию писателя-воина Т.Е.Сметанина. Автор: Каратаева Альбина Петровна. Работа №312744

Дата публикации:
Автор:
Номинация:
Конкурс профессионального мастерства
Описание:
Педагогический доклад по произведениям воина писателя Т.Е.Сметанина. Произведения выбраны для учащихся начальных классов.
Работа:

Муниципальное бюджетное образовательное учреждение

«Сангарская средняя общеобразовательная школа№1»

МО «Кобяйский улус (район)

 

 

 

 

 

 

Поселковая научно-практическая конференция

«Сметанин – улуу саха…», посвященная 100-летию

писателя-воина Т.Е.Сметанина

 

 

Тема работы: Т.Е.Сметанин айымньыларынан

метапредметнай сорудахтар

по направлению: «Т.Е.Сметанин – детский писатель»

Выполнила:

Каратаева Альбина Петровна,

МБОУ «Сангарская СОШ №1»,

учитель начальных классов.

 

 

 

 

пангар

2019 г.

 

Иhинээ5итэ

Киириитэ………………………………………………………………………..1-2 стр

1 Баhа. Фронтовик суруйааччы Тимофей Егорович Сметанин…………….2-3 стр

1.1. Т.Е.Сметанин тус оло5о эдэр ыччакка суолтата…………………………2 стр

1.2 Тимофей Сметанин өлбөт – сүппэт айымньылара……………………….2-3 стр

2.Баhа Т.Е.Сметанин айымньыларын ырытыы

2.1 Уерэх предметтирин кытта Тимофей Сметанин

айымньыларын ситимнээьин………………………………………………….3-13 стр

2.2. Литература аа5ыыта учебниктан Т.Е.Сметанин айымньыларын ырытыы.4-5 стр

2.3. О5олор улэлэрэ. Ситиьиилэрэ……………………………………………5-6 стр

2.4. Т.Е.Сметанин айымньыларынан метапредметнай сорудахтар…………6-12 стр

3YMYK…………………………………………………………………………12 стр

4.Туттуллубут литература……………………………………………………….13 стр

5.Сыhыарыылар………………………………………………………………….14 стр

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

Киириитэ

Билинни кэм суолтата

Саха биллиилээх суруйааччыта, буойун-бэйиэт Тимофей Егорович Сметанин айымньыларын аахпатах, уерэппэтэх, сэнээрбэтэх аа5ааччы суо5а буолуо. Суруйааччы элбэх хоьооннорун дьоруойдараараас кыыллар-кетердер. Кетеру-суурэри киьилии санардан Тимофей Сметанин о5о бол5омтотун тардар, интэриэьиргэтэр. Ону таьынан тереебут тылы уерэтиигэ, о5ону иитиигэ олус суолталаахтар, айымньылара оло5у кытта ыкса сибээстээхтэр. Холобур, «Хаьаайка» диэн хоьооно.

Алын суьуех о5олоругар Т.Е.Сметанин хоьооннорун, кэпсээннэрин билиьиннэриигэ «Литература аа5ыыта» уруогар эрэ буолбакка атын уерэх предметтэригэр эмиэ туьаныахха, уерэтиэххэ сеп эбит дии санаатым. Ол курдук, ахсаан, уруьуй, тулалыыр эйгэ, саха тылын, нуучча тылын уруоктарын кытта сибээстиэххэ сеп, араас сорудахтары бэлэмниэххэ сеп. Билинни ФГОС программатынан уруокка сурун ирдэбилэ – сатабылы сайыннарыы. Оттон уорэнээччилэргэ дэгиттэр сатабылларын сайыннарар олугу уурар киьинэн учуутал буолар. Уруок диэн уорэнээччи хара5ынан корон, илиитинэн тутан –хабан, эт ойунэн толкуйдаан туьалаах уоруйэхтэргэ бэйэтинэн уьуйуллуута буолар. Учуутал уруокка бу дэгиттэр сатабыллары о5олорго инэрэригэр араас ньымалары туттар, туьанар. Оттон дэгиттэр сатабыллары (УУД) 4 сурун болоххо араарабыт:

1.Ытык ойдобуллэри инэрии – уорэнээччи билиитэ олоххо наада буолары чопчу билиэхтээх, бэйэтин онно бэлэмнииргэ туьуланыахтаах.

2.Бэйэни салайар - дьаьайар сатабыллар – бэйэ санаатын сааьылаан санарыы, сыыьаны булан конноруу.

3.Билэр-корор сатабыл – бэйэтин соругун туруорар, кинигэ, сурутуу бары коруннэрин кодьуустээхтик ту4анар, билиитигэр тирэ5ирэн сааьылаан, наардаан, майгыннатан, ырытан, холбоон, тэннээн сананы билэ сатаа4ын. Араас таблицаларынан. Ойууларынан. Схеманан кордорор уоруйэхтэри утумнаахтык баьылааьын.

4.Бодоруьар сатабыл – саастыылаахтарын, бииргэ уорэнэр о5олорун кытары бииргэ улэлиир, санаатын уллэстэр. Ыйыталььар, сэргиир, бол5ойон истэр, кэпсиир уеруйэхтэрин сайыннарар.

Тимофей Сметанин о5олорго анаан суруйбут айымньыларын уерэтэргэ, о5о бол5омтотун тардарга, этиллибит сатабыллары инэриигэ араас предметтэри ситимниир олус наадалаах дии саныыбын.

Улэм сыала: Т.Е.Сметанин айымньыларынан метапредметнэй сорудахтары толкуйдаан Литература аа5ыыта уруогар уерэппити чинэтиигэ туьаныы.

Улэм соруга:

1.Суруйааччы Т.Сметанин оло5ун уерэтии, айымньыларын аа5ыы, ырытыы;

1

2. Талыллыбыт айымньыларыттан уерэх предметтирин кытта ситимнээьин

3.Уерэнээччилэр кытта улэни тэрийии.

Чинчийии предметэ: метапредметнэй сорудахтар

Чинчийии матырыйаала: Т.Е.Сметанин айымньылара

1 Баhа. Фронтовик суруйааччы Тимофей Егорович Сметанин

 

1.2.Т.Е.Сметанин тус оло5о эдэр ыччакка суолтата

Киьи-аймах былыр-былыргыттан улаханнык ѳрѳ тутар сыаннаһа – утуѳ. Ол аата, кини, бэйэтин эрэ иннин корунэр киьи буолбакка, до5отторун, дьиэ кэргэнин, тороппуттэрин, аймахтарын, бар дьонун, дойдутун туьугар олорор буолуохтаах. Бу уоьэ этиллибиккэ Тимофей Сметанин оло5о, айар улэтэ холобур буолуохтарын соп. Кини айымньыларын аа5ан, уорэтэн, дьонун-сэргэтин, до5отторун ахтыыларыттан Тимофей Егорович амарах сурэхтээх, кэрэ5э дьулуьар утуо киьи буолара костор.

Элбэхтэн а5ыйах холобуру а5аллахха, 1944 сылтан чугастык билсибит до5оро суруйааччы, кириитик Николай Заболоцкай «Утуокэн киьи этэ» диэн ахтыытыгар: «…мин Тимофейы кытта сэрии бутуутунээ5и уонна кэннинээ5и а5ай биллэр кытаанахтардаах, ол эрээри хаттаан хатыламмат бэйэтэ туспа кэрэхсэбиллээх бириэмэ5э тубэьэн билсибитим. Сэриилэьэр армияттан илдьэ кэлбит кэриэс танаьын-куйа5ын элбэ5и корбут синиэлин иилиммит, туоьугэр кылыгырас мэтээллээх, ип-итиинэн, хап-харанан корбут, айыл5аттан ойдоох, эйигин хайаан да куллэрэр, уордэр оттунэн булан санарар, юмордаах киьини мин билсэн истэ5им аайы улам собулээн, тартаран, до5ордоьон барбытым», «Ийэ дойду чулуулаах патриота, хорсун саллаата, урдук талааннаах поэт-суруйааччы уонна утуокэннээх, эйэ5эстэй-эйэ5эс майгыннаах киьи этэ» диэн ахтыбыта. Чугас до5оро, поэт Иван Петров ахтыытыгар Тимофей угус до5ордоо5ун, о5олору бэйэтин тулатыгар магнит курдук тардарын, ордук кини кордоох кэпсээннэринэн кими ба5арар кэрэхсэтэрин бэлиэтээбитэ.

1.2 Тимофей Сметанин өлбөт – сүппэт айымньылара

Тимофей Сметанин олус кылгастык да олорон аастар, олус элбэх кэрэ айымньылары норуотугар бэлэхтээбитэ. Суруйааччы о5олорго анаабыт айымньылара: «Күѳрэгэй», «Куоска олоңхото», «Кыhыл былааттаах кыыс» пьеса, «Уол уонна эhэ» сценка. Кини о5олорго суруйбут Мэхээлэчээн булчут бэл этэрбэhэ чаархаан буолар, тѳбѳтүгэр кус сымыыттыыр, кутаттан бѳрэ таhаарар, онноо5ор кини эhэни миинэн турардаах. Ити курдук омун, кырдьык икки ардынан кэпсээннэрэ киhини куллэрэрэ сүрдээх.

2

Суруйааччы айымньыларыттан биhиги иккис кылааска «Эhэ туhунан остуоруйатын», үhүс кылааска – «Кѳрүдьүѳс күн», «Манчаары» , «Куоскалар уонна саhыл» диэн айымньыларын, тѳрдүс кылааска – «Куhу ура5аhынан да бултуурбут», «Тѳбѳбѳр кус сымыыттаабыта, ѳлѳр суолтан бѳрѳ быыhаабыта» диэн кэпсээннэрин кытта билсиспиппит, аахпыппыт. Тимофей Сметанин суруйар тылы кѳрдѳѳх, уран, онон о5ону түргэнник тардар.

Саха литературатыгар ѳлбѳт – сүппэт айымньылары биэрбит Тимофей Егорович айар үлэтин үгэнигэр, 28 эрэ саастаа5ар күн сириттэн арахсыбыта. Биир дойдулаахтара кини ча5ылай талаанын «Халлааны суруйар сулус уотун кэриэтэ, күүскэ күлүм гыммыта» дииллэрэ оруннаах.

Сааhылаабыт санаабын Петр Аввакумов суруйбут этиилэринэн түмүктүѳхпүн ба5арабын: «Тимофей Сметанин айбыта хаhан да ѳлбѳѳдүйүѳ, мѳлтүѳ суо5а. Сѳрүйбэт ыралаах буойун, тѳрѳѳбүт дойдутун күүскэ таптыыр киhи дууhата умайа, сырдыы туруо».

 

2.Баhа Т.Е.Сметанин айымньыларын ырытыы

2.1 Уерэх предметтэрин кытта Тимофей Сметанин айымньыларын ситимнээьин.

Ахсаан уруога

Автор элбэх айымньыларыгар ахсаат аат туттуллубута кестер. Холобур, «Керудьуес кун»

«Арай биирдэ

Кеша, катя, Ваня

Уонна кыра Таня

Млхсо5оллуун бэьиэлэр

Мо5отойдуу истилэр…»

«Куоска олонхото»

«…Бэл аан кытта кини сыаналарын билэр эбит быьыыта

Бииииир- диэн аан аьылынна

Иккиии- диэн аан сабылынна…»

«Кыыллар ункуулэрэ»

«…Эьэ кэллэ, эккирээтэ

Ойон иьэн охтон тустэ,

Устэ, туертэ текунуйдэ

Иьэ-кехсе тегуруйдэ»

«Куобахчаан кунэ»

 

3

«Биир туораахтан эьиил икки куолас ууннун.

Оттон бииркуоластан ортотунан 30 –ча туораах…

Куобахчаан сааьа сэттэ,

Колхозка кунэ сэттэ уон

Отут эрэ кыайбат бутун суус буолуон…»

Уонна да атын хоьооннорго, кэпсээннэргэ ахсаан аат бэлиэтэнэр. Бу Тимофей Сметанин бэйэтэ сыыппара5а сыьыаннаа5а кестер. Кини 1942 сыллаахха дойдутугар Кэбээйи райпотугар суотчутунан улэлии сылдьыбыта биллэр.

Тулалыыр эйгэ уруога

Кыыллары-кетердеру, айыл5аны уерэтиигэ эмиэ хоьооннору туттуохха сеп. Холобур, «Куоска олонхото» айымньыга кус арааьын уерэтиэххэ сеп: «Мороду» ( черкеекуттэн эрэ улахан «урут-урут-урут « диэн саналаах кус), «Ке5ен» ( беден кураанах кус, атыыра батта5а куех, ата5а кыьыллыны), «Черкееку» (атыннык чыркымай, эриэн тебелеех кыракый кус), «Халба» (кэтит тумустаах орто кус) (Слайд)

Саха тыла

Саха тылын уроугар тылы сайыннарыыга, уерэтиигэ, суолтатын быьаарарга, этиилэри ырытыыга хоьооннору, кэпсээннэри туттуохха сеп. Холобур, «Снайпер саата» Егор Чээрин айымньыттан «… Эн Робинзон Крузо буолбатаххын, сэрии буолбут сиригэр сылдьан , сэбэ сэбиргэлэ суохсылдьан эрэйдэниэн суо5а, сатабыллаах кыра5ы эрэ буолуоххун нада» диэн этии баар. Манна кыра5ы диэн тылы о5олорго быьаарабыт. (Да5ааьын аат, Хада5ый? Кыраны да таба керер, сытыы харахтаах ) диэн суолталаах тыл.

Нуучча тыла

Нуучча тылын урогар эбии дьарык, сорудахтар курдук эмиэ киллэриэххэ сеп. Холобур, беле5унэн улэни (групповая работа) тэрийэн сахалыыттан нууччалыыга тылбаастатыахха сеп.

Ити курдук Т.Е.Сметанин хоьооннорун, кэпсээннэрин, остуоруйаларын араас уерэх предметтэрин кытта ситимниэххэ сеп дии саныыбын.

2.2. Литература аа5ыыта учебниктан Т.Е.Сметанин айымньыларын ырытыы.

Билинни кэмнэ биллэр суол, о5о кинигэ аа5ыыта мелтеете, ордук сахалыы аа5ыы. Билигин Сангаар бастакы нуемэрдээх оскуолатыгар 2саха кылааьа баар. Саха тылыгар нэдиэлэ5э 3 чаас, литература аа5ыыта уроугар 2 чаас керуллэр. Саха суруйааччыларын айымньыларын ол иьигэр Тимофей Сметанин хоьооннорун, кэпсээннэрин Литература

4

аа5ыыта уруокка аа5абыт, уерэтэбит, ырытабыт. Ону таьыгар Бэйэ аа5ыыта, Дьиэ кэргэнинэн аа5ыы анал эбии дьарыкка анаммыт кинигэлэринэн эмиэ туьанабыт (Слайд). Учебниктары ырытан кердеххе Тимофей Сметанин 7 айымньылара киирбиттэр, олус а5ыйахтар дии саныыбын. Ол курдук: (Слайд)

1 кылаас. Литература аа5ыыта, 2018свтор Л.В.Захарова, У.М.Флегонтова – суох

«Ыалынан аа5ыы» 2018с. Куоска олонхото

2 кылаас. Литература аа5ыыта, 2015с.

«Борон куобах уерэммитэ»

«Керудьуес кун»

«Бэйэ аа5ыыта», 2014с. Куоскалар уонна саьыл.

3 кылаас. Литература аа5ыыта, 1 чааьа, 2017 с.

«Тебебер кус сымыыттаабыта, елер суолтан бере быыьаабыта» (Мэхээлэчээн булчут айымньыттан)

4 кылаас.

1 чааьа. Литература аа5ыыта, 2016с. «Снайпер саата» (Егор Чээрин)

2 чааьаитература аа5ыыта. «Куьу ура5аьынан да бултуурбут»

О5олор бу айымньылары олус себулээн аахпыттара, чугастык ылыммыттара. Манан эрэ мунурдаммакка биьиги о5олорбут эбии хоьооннору «Сайыспыт», «Саас», «Хаьаайка», «Куоска олонхото», «Кыыллар ункуулэрэ», «Борон куобах уерэммитэ», кэпсээннэртэн «Аксаана сибэкки», «Курэгэй» остуоруйаны уерэппиттэрэ.

2.3. О5олор улэлэрэ. Ситиьиилэрэ (Слайд)

Т.Е.Сметанин бу айымньыларын биьи кылаас о5олоро уерэттибит, ырыттыбыт, суруйааччы 100 сааьын керсе араас тэрээьиннэргэ кытынныбыт.

1. 1 степеннээх. Диплом 2017с «Елуенэ»

2. «Артистизм» номинация кыайыылаахтара Михайлова Наташа, Попова Венера, Диплом «Сайыспыт».. 2018с

5

3.Сертификат. Кононова Дарина, Егорова Виолетта

4. 2 степеннээх Диплом Уруьуй куонкурса, Петров Антон

3 степеннээх Диплом, Кононова Дарина,2018 с.

5. Инсценированнай айымньылар курэхтэригэр 1степеннээх Диплом , «Аксаана сибэкки», 2019 с.

6.1степеннээх Диплом. Егорова Виолетта, быыстапка кыттыылаа5а, 2019 с.

2.4.Т.Е.Сметанин айымньыларынан метапредметнай сорудахтар.

«Куоска олонхото» 1946с.

I.Литература аа5ыта

1.«Куоска олонхото» диэн хоьоон ааптарын бэлиэтээ:

А.Семён Петрович Данилов

Б.Пётр Николаевич Тобуруокап

В.Тимофей Егорович Сметанин

2. Т.Е.Сметанин «Куоска олонхото» хоьоонугар ханнык дьыл кэмэ кестеруй?

А.Кыьын

Б.Саас

В.Куьун

Г.Сайын

II.Тулалыыр эйгэ.

1.Ханнык кус саха сиригэр муус устар бутуутэ, ыам ыйын са5аланыыта кэлэрий?

А. Мороду

Б.Халба

В. Ке5ен

Г. Чеккееку 6

2. «Куоска олонхото» айымньыга ханнык дьиэ кыыллара баалларый?

________________________________________________________________________

III.Ахсаан

Задача

1.«Оскуола5а уерэх бутуутэ,

О5олорго саас уеруутэ,

Уербут-кеппут 12 о5о

Кэпсэтэ-кулсэ

Кылааска олороллор

Туйгуннук бутэрбиттэр кинилэр кылаастарын.

3 о5о керудуергэ тахсыбыттар

Кинилэр иккис сылын кылаастарыгыр хаалбыттар.

Онтон орто сыананан бутэрбит о5олор

туйгун о5олортон 2 тегул а5ыйах.

Хас о5о бу кылааска уерэнэрий?

IV.Саха тыла

1.Х уолу хара тураах уруйдуу керсубут тылларын ситэрэн биэр.

«Даахаах!

Та –ак, та-ак!

………………

………………

2. Тылларга сана чаастарын бэлиэтээ, ыйытыыларын туруор.

«Сааскы кэми ахтабыт,

7

Сааскы тыалы таптыыбыт,

Сааскы куннэ иттэбит.

Сааскы куехтэн уерэбит.»

V. Нуучча тыла

Переведи на русский язык.

Ханна да бардын,

Ханна да хаамтын

Ыттыын-кустуун

Кетер-суурэр

Бука-бары

Бука-бары

Кинини уе5эллэр,

Кинини ме5еллер.

«Куобахчаан кунэ»

I.Литература аа5ыыта

1.Тимофей Сметанин ханнык хоьоонуттан ылыллыбыт этиилэрий?

Кини хаьан да мэниктээбэт,

Кими да5аны мэьэйдээбэт.

Ол иьин таптыыллар,

Ол иьин хайгыыллар.

А. Куоска олонхото

Б. Куобахчаан кунэ

В. Куоскалар уонна саьыл

8

Г. Кыыллар ункуулэрэ

2.Тимофей Сметанин «Куобахчаан кунэ» хоьоонугар аныр о5олоругар кэьиитин тугу а5алан испитэй? Септеех эппиэттэри тал.

А. Туох эрэ кутуругун, Б. Туораах, В.Ба5а икки буутун

II. Саха тыла

1.Тылы састаабынан ырыт

- Куобахчаан

2.Бэриллибит этииттэн тыл ситимин булан суруй

Ойуур са5атыгар оччугуй дьиэ турар.

III. Ахсаан

Задача №1

«Биир туораахтан

Эьиил икки куолас ууннун,

Оттон биир куоласка

Отучча туораах баар

Оччотугар икки сылынан теье куолас уунуей?

Задача № 2

Куобахчаан атын о5олордуун

Биир биригээдэлэр,

Кинилэр тохтубут туораахтары

Бааьынаттан ичигэстииллэр.

Бааьына уьуна 120 м, кэтитэ 6 0 м буолла5ына

Куобахчаан бааьынатын иэнэ теьенуй?

9

IV. Тулалыыр эйгэ

1.Тимофей Сметанин «Куобахчаан кунэ» хоьоонугар ханнык ойуур кыыллара баалларый?

_________________________________________________________________________

«Эдэр булчут», 1940 с.

I.Литература аа5ыыта

1.Тимофей Сметанин «Эдэр булчут» хоьоонугар сурун дьоруой Ыстапаан то5о булдуттан матта? Санаа5ын суруй

_____________________________________________________________________________

2. «Кулаачыктыы мене-мене

Куобах туран ытыыр.

Булчут онно кыьаммат

Эн Ыстапаан эбитин буоллар хайыан этэй? Санаа5ын суруй.

II. Ахсаан

Задача №1

Эдэр булчут Ыстапаан булдун хас елуускэ5э араарда, кимиэхэ уллэрдэ? Схеманан кердер.

Задача № 2

Сана булчут Ыстапаан

Туьахтарын кэрийэн

Куобахтарын хомуйда.

Аара биири куоттарда,

Киэьэ дьиэтигэр тиийэн

дьонугар тунэттэ.

Бары биирдии куоба5ы ылан

10

олус диэн уердулэр.

Барыта хас куоба5ы туттарда Ыстапаан?

III. Саха тыла

1.Строкалары сааьыылаа

Эмньик быьый ата5а

Суурэн тэйэ истэ

Эдэр булчут дьэргэйэн

Сири билбэт буола уерэн.

2.Агда – диэн тыл суолтатын быьаар

IV. Тулалыыр эйгэ

1.Куобахха туьа5ы дьыл ханнык кэмигэр иитэллэрий? _________________________

2.Куобах Саха сиригэр ханна олохсуйарый?

Тумук

Саха биллиилээх суруйааччыта Тимофей Егорович Сметанин, буойун – бэйиэт айымньыларын аа5ан, уерэтэн, ырытан, о5олорго тириэрдэн баран маннык санаа5а кэллим:

1.Тимофей Сметанин кырдьык да5аны улуу саха суруйааччыта, оло5о эрдэ быстыбата5а буоллар, теьелеех элбэх айымньыны ессе да5аны бэлэхтиэ этэй.

2. О5олорго анаан суруйбут хоьоонноро, остуоруйара кыра дьон аа5арыгар олус тиийимтиэлэр, о5о чугастык ылынар. Ити барыта кини суруйар, айар талаанын кердерер, то5о диэтэххэ о5о психологиятын учугэйдик билэр эрэ киьи инник табыгыстаахтык айыан сеп.

3. Хас биирдии о5о5о анаммыт айымньыта иитэр- уерэтэр суолталаахтар, оло5у кытта ыкса сибээстээхтэр, кыыллар-кетердер айымньы дьоруойдара буоланнар киьи майгытын кердереллер.

4. Маннык суду талааннах суруйааччы айымньыларын билинни эдэр ыччат элбэхтэ

11

аа5ара, уерэтэрэ буоллар сиэр-майгы, билии-керуу еттунэн олус сайдыа этэ. Аныгы Литература аа5ыыта учебниктарыгар Тимофей Сметанин кэпсээннэрэ, остуоруйалара, хоьоонноро ессе элбиирэ буоллар диэн ба5аа санаа баар уонна киэн бээчэккэ айымньылара тар5анара буоллар олус учугэй буолуо этэ.

5.Толкуйдаабыт метапредметнэй сорудахтарбын учууталлар, тереппуттэр о5олору уерэтиигэитиигэ, билиини ханатыыга туьаныахтара дии саныыбын.

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

12

Тутуллубут литература

1.Саха тылыгар быьаарыылаах кылгас тылдьыта/ П.С. Афанасьев уо.д- Дьокуускай. Бичик, 2008, - 688 с.

2.Сметанин Т.Е. Икки томнаах айымньылар./Афанасий Аржаков.- Дьокуускай, Бичик, 1999г.- 208 с.

3.Каратаевскай аа5ыылар. А.Е.Григорьева, В.Н.Осипова, Л.Р. Константинова, В.В. Кутукутоваулуу куората. 2013 с.

 

Скачать работу
На портале “Солнечный свет”
Более 100 номинаций
Cвыше 2 000 тестов олимпиад и викторин на профессиональном портале.
97% клиентов
Довольны порталом и становятся постоянными клиентами.
Свыше 1 000 000 участий
Более 1 000 педагогов и учащихся ежедневно участвует в наших конкурсах.
Вам доступны для участия более 100 конкурсов. Участвуйте в наших конкурсах и получите свой диплом победителя.
Этапы участия
1 шаг: Участие
Отправьте заявку с помощью специальной формы
2 шаг: Результат
Довольны результатом? Перейдите в свой личный кабинет
3 шаг: Диплом
Введите свои основные данные (ФИО, место работы) для оформления диплома победителя
Более 20 шаблонов и образцов для ваших дипломов и свидетельств
Солнечный свет Создать дипломы
Пожалуйста, подождите.
x
×